Путин: киһи айар-тутар дьоҕурун таһыма тупсан иһэр

Russian President Vladimir Putin gestures while speaking during his annual news conference in Moscow, Russia, Thursday, Dec. 23, 2021. (AP Photo/Alexander Zemlianichenko)

Оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин таһыма төрөппүттэринээҕэр быдан ордук буолан иһэрэ чахчы, диэн  РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин сыллата ыытыллар пресс- конференцияҕа эппитин ТАСС иһитиннэрэр.

«Уопсайынан киһи аймах сайдан иһэр. Оҕолор даҕаны төрөппүттэринээҕэр өйдөрө-санаалара киэҥ уонна ордук буолар. Ол биллэр суол, информация мунньуллан, дьоҥҥо тиэрдиллэр  ньымалара тупсан иһэрэ көстөр. Мантан сылтаан, киһи айар дьоҕура сайдартан сайдан иһэр. Кини түргэнник сүүрэр эбэтэр ыстаҥалыыр эрэ буолбатах, түргэнник, интэриэһинэйдик уонна дьоҕурдаахтык толкуйдуур», — диэтэ Путин.

Бэрэсэдьиэн билигин үөрэх, ордук кыра саастарынан бөлөхтөргө, оонньууга олоҕуран бэриллэрин бэлиэтээтэ.

«Ол иһин биһиги, дойду үрдүнэн үрдүк кыамталаах интернети киллэрэргэ дьулуһабыт. Итиэннэ биһиэхэ бу үлэҕэ туһааннаах былааннар бааллар, харчыны көрөбүт. Билигин оскуолаларга бу үлэни хайыы- үйэ бүтэриэхтээхпит. Тыа сиригэр интернети киллэрэргэ 24 млрд харчыны тыырдыбыт. Арассыыйа Почта итиннэ холбоһуохтаах», — диэн быһаарда.

This post was published on 23.12.2021 20:45 20:45