Россия президенэ Владимир Путин нолуок төлөөччү идентификационнай нүөмэрин (ИНН) «Госуслуги» порталынан электроннай киэбинэн ыларыгар кыаҕы биэриигэ сокуоҥҥа илии баттаата. Сокуону РФ бырабыыталыстыбата көҕүлээтэ, көннөрүүлэр РФ Нолуокка кодексатыгар киллэрилиннилэр, суруйар ТАСС.
Киһи электроннай илии баттааһынын туһанан «Госуслуги» порталга ИНН ылыытыгар сайабылыанньа биэрэригэр сокуон кыаҕы биэрэр. Нолуок уоргана учуокка турбутун туһунан сибидиэтэлистибэни электроннай киэбинэн дьоҥҥо ыытар.
Сайабылыанньа киһи бэйэтин «неквалифицированнай» электроннай илии баттааһынынан бигэргэтиллэр. Оччотугар кини ИНН-нын төттөрү судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларынан ылар.
Сокуон күүһүгэр 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн киирэр.
This post was published on 30.05.2022 10:01 10:01