Путин ИЭФ-2022 аан дойду уонна Уһук Илин сайдыытын туһунан этиэҕэ

РФ Президенэ Владимир Путин балаҕан ыйын 7 күнүгэр Илиҥҥи экономическай форум  пленарнай мунньаҕар тыл этиэҕэ. Кини этиитин сүрүн темаларынан аан дойдуга буола турар балаһыанньа хаамыыта, ону тэҥэ Россия Уһук Илинин сайыннарыы буолуохтара диэн пресс- сэкиритээрэ Дмитрий Песков ТАСС-ка иһитиннэрдэ.

«Иккиэн сибээстээхтэр», — диэтэ Кремль бэрэстэбиитэлэ Уһук Илин уонна Азия- Тиихэй акыйаан регионун дойдуларын (АТР) сайдыыларыгар туһунан ыйытыыга.

Россия лидерин пресс- сэкиритээрэ Уһук Илин Россияҕа биир сүҥкэн суолталаах регион буоларын ыйда. ИЭФ-2022 былаһааккатыгар Россия бизнеһин бэрэстэбиитэллэрэ да, тас дойдулар да бэрэстэбиитэллэрэ кытталлара, бу регион улахан интэриэһи үөскэтэрин бэлиэтэ диэн эбэн эттэ.

«Сайдыы динамиката олус үрдүк, бүтүн инструментарий үлэлиир. БуТОР-дар, оһуобай эрэсиимнэр уонна да атын. Бу туһунан президент бэйэтин этиитигэр куруук этэр», — диэн Песков түмүктээтэ.

This post was published on 05.09.2022 10:22 10:22