Путин харантыыны кэһээччилэри ыстырааптыыр уонна болдьоҕун туһунан сокуоннарга илии баттаата

Россия Президенэ Владимир Путин харантыыны кэһии иһин административнай уонна холбуобунай эппиэтинэһи киллэрии туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Өскөтүн кэһии “ыарахаттарга” киирсэр буоллаҕына – буруйдаах сэттэ сылга дылы көҥүлэ быһыллар, диэн СИА “Российская газета”-ҕа сигэнэн суруйар.


Ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин кэмигэр санитарнай быраабыланы кэһии эбэтэр харантыын кэмигэр кутталлаах ыарыыны тарҕатыы туһунан этиллэр.

Кэһиини таһаарбыт киһи — 15 — 40 тыһ.солк, дуоһунастаах сирэйгэ уонна ИП-ларга — 50 — 150 тыһ.солк, юридическай сирэйдэргэ —200 — 500 тыһ.солк. Тэрилтэлэргэ уонна ИП-ларга үлэлэрин 90 хонукка диэри тохтотуу миэрэтэ эмиэ баар буолуон сөп.

Өскөтүн ыйыллыбыт кэһиилэр киһи доруобуйатын эмсэҕэлээбит эбэтэр өлүүгэ тириэрдибит буоллахтарына, административнай ыстыраап буруйдаах киһиэхэ — 150 — 300 тыһ.солк, дуоһунастаах сирэйдэргэ — 300 — 500 тыһ.солк, ИП уонна юридическай сирэйдэргэ — 500 тыһ — 1 мөл солк диэри, эбэтэр үлэлэрэ 90 хонукка тохтотуллар.

Сиһилии https://ysia.ru/putin-podpisal-zakony-o-shtrafah-i-srokah-za-narushenie-karantina/

This post was published on 02.04.2020 16:09 16:09