Россия былааһа сэбиэскэй кэмҥэ баар «Герой Ийэ» ааты төнүннэрэр туһунан былаанныыр. Маннык бэлиэни туппут дьахталларга 1 мөл солк кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр оҥорору эттилэр.
РФ президенэ Владимир Путин элбэх оҕолоох ыаллары кытта көрсөн, «Родительская слава» уордьаны туттарда. Госсовет президиумун мунньаҕын түмүктэрин иһитиннэрдэ. Онно Россия былааһа «О мерах по социальной поддержке многодетных семей» ыйаах балаһыанньатын саҥардан, кэҥэтэн биэрэри кэпсэппиттэрин эттэ.
«Ол иһигэр — чопчулаан бэлиэтиибин — сэбиэскэй кэмнээҕи «Герой Ийэ» ааты төнүннэрии», — диэтэ Путин. Кини салгыы эппитинэн, «»Герой Ийэ» бэлиэни ылбыт ийэлэргэ биир мөлүйүөн солкуобайдаах төлөбүр оҥоһуллуоҕа».
Госсовет президиумун кэнники мунньаҕар Москва элбэх оҕолоох ыалларын регионнааҕы уопсастыбаннай хамсааһыннарын председателэ Наталья Карпович Россияҕа «Герой Ийэ» ааты төннөрөр туһунан эппитэ. Кэлин идеяны вице-премьер Татьяна Голикова өйөөбүтэ.
Источник: ТАСС
This post was published on 02.06.2022 13:01 13:01