22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Путин «Герой-ийэ" аатын олохтоото

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

10-тан тахса оҕону төрөппүт уонна ииппит дьахтар билигин «герой-ийэ» диэн ааты ылыан сөп. Итинник ыйаахха РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин илии баттаата.

Ийэ оҕолорунаан Арассыыйа гражданнара буолуохтаахтар. Наҕарааданы ылбыт ийэҕэ биир кэмнээх 1 мөл. солк. суумалаах төлөбүр көрүллэр. Маны онус оҕо биир сааһын туолуутугар бэриллэр. Атын оҕолор эмиэ бары тыыннаах буолаллара ирдэнэр, эбэтэр Аҕа дойдуну көмүскүүргэ, сэрии, үлэ эбэтэр гражданскай иэс толорууларыгар, теракт кэмигэр, үлэлэригэр ылбыт эчэйииттэн, идэлэрин ыарыытыттан өлбүт буоллахтарына төлөбүр бэриллэр.

Ону сэргэ, Владимир Путин 200 тыһыынча солкуобай сууманы  «Төрөппүт албан аата» уордаьын ылбыт дьоҥҥо биир кэмнээх харчынан көҕүлээһин быһыытынан киллэрдэ. Оттон маннык уордаьынан наҕараадаламмыттар билигин 100 тыһыынча буолбакка 500 тыһыынчаны ылыахтара.

«Российская газета» таһаарыы

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА