Путин этиитэ. Чурапчы култууратын сайыннарыыга саҥа тосхол бэлэмниэхтэрэ

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу үс сыл иһигэр  кыра куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ култуура дьиэлэрин, мусуойдары, бибилэтиэкэлэри саҥардыыга 24 млрд.солк. көрөргө диэн эттэ.


Чурапчы улууһун култуура начаалынньыга Дмитрий Попов:

— Култуура эйгэтигэр үбү-харчыны көрөргө диэн Путин этиитин олус сэҥээрэ иһиттим. Куораттарга, нэһилиэктэргэ үлэлии турар кулууптар, мусуойдар, бибилэтиэкэлэр материальнай-техническай базаларын сайдыытыгар болҕомто ууруллан эрэриттэн биһиги, култуура үлэһиттэрэ, үөрдүбүт. Биһиги Сахабыт сиригэр, улууспутугар даҕаны олус эргэ, ааспыт үйэтээҕи мас тутуулар кулууп, бибилэтиэкэ дьиэтэ буолан тураллар. Оттон мусуой кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар иитэр-үөрэтэр аналыттан саҕалаан олус улахан оруоллаах буоллаҕа. Онуоха болҕомто ууруллара сөптөөх. 

Бу үп-харчы национальнай бырайыак чэрчитинэн бэриллэрэ буолуо. Онон улууспут дьаһалтатын кытта бу үбү бэйэбитигэр тардарга саҥа бырайыактары суруйан үлэлэһэрбит буолуо дии саныыбын.

Бу туһунан «Саҥа олох» хаһыат суруйда https://www.instagram.com/sanaoloh/

This post was published on 22.04.2021 14:01 14:01