Россия президиэнэ Владимир Путин чэпчэтиилээх ипотека сыллааҕы ставкатын 12%-тан 9%-ҥа диэри кыччатары эттэ, суруйда РИА Новости.
«Дьон дьиэни атыылаһарыгар кыаҕы биэрэр, уопсайынан тутууну көҕүлүүргэ, чэпчэтиилээх ипотека ставкатын 12%-тан 9%-ҥа диэри кыччатарга», — диэтэ судаарыстыба баһылыга экономическай боппуруостарга мунньах кэмигэр.
Кини бырагырааманы сыл бүтүөр диэри үлэлэтэри эттэ.
Киин баан баһылыга Эльвира Набиуллина эппитинэн, Россия бааннара быйыл чэпчэтиилээх кирэдьиит чэрчитинэн икки триллиоҥҥа диэри солк биэриэхтэрин сөп.
This post was published on 26.04.2022 13:33 13:33