Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин чааһынай оскуолалар уонна уһуйааннар төлөбүрдэригэр ийэ хапытаалын туһанары көҥүллүүр сокуоҥҥа илии баттаата. Судаарыстыба баһылыга туһааннаах ыйааҕын правовой информация официальнай порталыгар бэчээттээтилэр, диэн lenta.ru. иһитиннэрдэ.
Төрөппүттэр ийэ хапытаалын тус урбаанньыттар арыйбыт уһуйааннарыгар туһаныахтарын син. Ол эрээри, маныаха урбаанньыттар үөрэхтээһини ыытатарга көҥүллээх (лицензиялаах) буолуохтаахтар диэн чуолкайдыыллар.
Госдума спикерэ Вячеслав Володин этэринэн, сокуон оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин кыамтатын үрдэтэр аналлаах.
This post was published on 04.08.2022 15:09 15:09