Эһиил Саха сиригэр 23 территорияны тупсаран оҥоруохтара, «Формирование комфортной городской среды» Путин бырайыагын чэрчитинэн. Ол туһунан регион архитектураҕа Управлениетын салайааччыта Любовь Папок «Якутия 24» телеханаалга кэпсээтэ.
Кини эппитинэн, федеральнайдааҕы бырагырааманан бу сыалга көрүллэр үбүлээһин кэнники биэс сылга лаппа эбилиннэ. Бу сылларга 67 уопсастыбаннай уонна 144 тиэргэн территорията 40-тан тахса куоракка уонна тыа сиригэр оҥоһулунна.
«2024 сылга федеральнайдааҕы бырайыагынан 23 эбийиэк уонна 3 улахан бырайыак Дьокуускайга оҥоһуллар — Ленин болуоссата, Сайсары күөл кытыла, Роман Дмитриев аатынан биэрэк. Манна үбүлээһин киин куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии бырагырааматынан көрүллэр», — диэтэ Любовь Папок.
Санаттахха, «Формирование комфортной городской среды» национальнай бырайыагы 2019 сыллаахха дойду президиэнэ Владимир Путин көҕүлээбитэ.
This post was published on 14.12.2023 12:01 12:01