Владимир Путин былаас эрэннэриилэрин умнуо суохтааҕын эттэ. Россияҕа биэнсийэ баар инфляциянан индексацияланарын эрэннэрдэ. Президент тылларын суруйда Интерфакс.
«РФ бырабыыталыстыбата ааспыт сылларга этиллибит былаас эрэннэриилэрэ олоххо киирэригэр дьаһаллары ылыахтаах [сокуон быһыытынан индексация баар инфляция таһымынан уларыйан иһиэхтээх]. Бу кэмҥэ диэри оҥорон кэллибит, салгыы да оннук буолуоҕа», — диэтэ Путин пресс-конференция кэмигэр, биэнсийэни индексациялааһын туһунан ыйытыы киирбитигэр.
Официальнай дааннайынан, бюджекка ууруллубут биэнсийэ индексацията 5,9% тэҥ, ити эрээри барыллаан көрдөрүүнэн, сыл бүтэһигэр инфляция 8% буолуон сөп.
Президент салгыы иһитиннэрбитинэн, «кэлэр сылга быһаарыы [индексация туһунан] сэбилэниилээх күүстэр эйгэлэрин эмиэ хабыаҕа, быраабы араҥаччылааччылар уонна сэбилэниилээх күүстэр структураларыгар үлэлиир дьон дохуотун тэҥниир сыалтан».
«Бу байыаннай сулууспалаахтар биэнсийэлэрин эмиэ таарыйар», — диэтэ Путин.
Хаартыска: РИА Новости
This post was published on 24.12.2021 13:01 13:01