Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин олунньу 21 күнүгэр федеральнай мунньахха этиитигэр анал байыаннай дьаһалга сылдьан өлбүттэргэ уонна бэтэрээннэргэ аадырыстаах көмөнү оҥорорго анал судаарыстыбыннай пуонда тэрийэргэ этии киллэрдэ.
«Анал судаарыстыбыннай пуонданы тэрийэргэ этии киллэрэбин. Кини соруга анал байыаннай дьаһалга сылдьан өлбүттэргэ уонна сэрии бэтэрээннэригэр аадырыстаах көмө оҥоруу буолуоҕа», — диэтэ РФ бэрэсэдьиэнэ.
Владимир Путин «Хас биирдии анал байыаннай дьаһалга сылдьан өлбүт саллаат уонна бэтэрээн дьиэ кэргэнигэр персональнай социальнай үлэһит бигэргэтиллиэхтээх, үлэһит байыаннай дьиэ кэргэнигэр баар кыһалҕалары тута быһаара сатыахтаах»диэн эттэ.
Дойду бэрэсэдьиэнэ пуонда структуралара быйыл Арассыыйа бары регионнарыгар тарҕаныахтааҕын бэлиэтээтэ. Онуоха, Владимир Путин анал пуонда тэриллиитэ байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр былаас атын уорганнарыттан көмө оҥоһулларын сарбыйбатын бэлиэтээтэ.
This post was published on 21.02.2023 19:06 19:06