Арассыыйаҕа бөҕү-сыыһы туһунан хомуйааһын реформата бара турар. Бу туһунан пресс-конференция кэмигэр дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин эттэ, диэн СИА кэпсиир.
«Бөх-сыыс реформата төһө да ыарахаттардаах буоллар сайда сатыыр. Сүрүн сорукпут-бу проблеманы быһаарар, бу суолга тустаах оператордары тэрийии этэ. Кинилэр дойду бары регионнарыгар тэриллэн, үлэлии- хамсыы барбыттара, площадкалар ахсааннара элбээтэ. Бастакы хардыылартан биирдэстэринэн бөҕү тус-туһунан хомуйуу буолар, былааммытыттан 40%- нан элбэҕи оҥоро сылдьабыт», — диэтэ Владимир Путин уонна ити хайысхаларынан үлэ былааннаммыт тэтиминэн барарын бэлиэтээтэ.
This post was published on 23.12.2021 22:39 22:39