Россия Президенэ Владимир Путин ахсынньы 19 күнүгэр оборуонаны салайар Национальнай кииҥҥэ РФ оборуонаҕа министиэристибэтин коллегиятын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытыаҕа.
Ол туһунан Кремль пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээбиттэринэн, «мунньахха РФ сэбилэниилээх күүстэрин 2023 сыллааҕы үлэлэрин түмүгэ оҥоһуллуоҕа. Кэлэр сылга соруктар туруоруллуохтара. Салгыы Россия армиятын уонна флотун салгыы сайдыытыгар тосхол оҥоһуллуоҕа».
Бу күн президент аныгы уонна инникилээх техникалар, вооружениелар, боеприпастар уонна көмүскэнэр сириэстибэлэр холобурдарын кытта билсиэҕэ.
This post was published on 19.12.2023 10:01 10:01