Россияҕа сааһынан страховой биэнсийэ 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 7,5% үрдүөҕэ. сокуоҥҥа дойду президенэ Владимир Путин илии баттаата.
Кэлэр сылтан страховой биэнсийэ 1572 солк эбиллиэҕэ, оттон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ сааһынан биэнсийэнэн хааччыллыы — 1631 солк-нан. Ол эбэтэр, 22 605 уонна 23 449 солк, туһааннааҕынан.
Эрдэ Госдуума спикера Вячеслав Володин эппитинэн, маннык быһаарыы 32 мөлүйүөн Россия олохтооҕун хабыаҕа. Үп, кини этэринэн, федеральнайдааҕы бюджет бырайыагар угуллубут.
Маны сэргэ 2024 сыл алтынньы 1 күнүттэн байыаннай биэнсийэ 4,5% улаатыаҕа, бу 89,32 % тэҥ.
Сокуон ис дьыала уоргаттарыгар үлэлээччилэргэ, наркотик эргиирин хонтуруоллуур уоргаттар, баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа, холуобунай-толорор систиэмэ уонна булгуччулаах толоруу уорганнарыгар уонна тэрилтэлэригэр, Росгвардия үлэһиттэригэр үлэлиэҕэ.
This post was published on 29.11.2023 09:01 09:01