14 – 22 саастаах эдэр дьон балаҕан ыйын 1 күнүттэн «Пушкинскай каарта» көмөтүнэн култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьар буолуохтара. Бу туһунан СИА култуура министиэристибэтин пресс-сулууспатын иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.
«Пушкинскай каартаны» олоххо киллэрии туһунан дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин бэс ыйын бүтүүтэ нэһилиэнньэни кытары быһа кэпсэтиитигэр эппитэ. Каарта көмөтүнэн ыччаттар култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьар кыахтаныахтара.
Федеральнай бырагырааманы кытары бастакынан мусуойдар, тыйаатырдар, филармония үлэлэһиэхтэрэ. «Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан государственнай опера уонна балет тыйаатыра, А.С. Пушкин аатынан нуучча государственнай тыйаатыра, Г. М. Кривошапко аатынан государственнай филармония уонна «Россия-Моя история» мусуойа, — диир култуура миниистирэ Юрий Куприянов.
«Пушкинскай каартаҕа» түөрт ыйга биирдэ 3 тыһ солкуобай угуллуо. Харчыны култуура тэрилтэлэригэр туһаныахха сөп.
Кэлин бырагыраамаҕа атын култуура тэрилтэлэрэ эбиллиэхтэрэ.
This post was published on 30.07.2021 15:01 15:01