Пульмонолог Аграфена Аргунова: Медицинскай мааска элбэхтэ туттуллардааҕар ордук

6171099 19.02.2020 Тканевые маски широкого назначения, произведенные на предприятии ООО "Медсклад" в городе Бердске Новосибирской области. Планируемый объём выпуска: 50 000 - 80 000 масок ежесуточно без выходных. Александр Кряжев / РИА Новости

СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай пульмонолога Аграфена Аргунова социальнай ситимнэргэ эппитинэн, медицинскай мааска элбэхтэ туһаныллардааҕар ордук. Кини бэлиэтээбитинэн, вирустан харыстанарга үчүгэй инструмент, СИА суруйар.


«Медицинскай мааска элбэхтэ туттуллардааҕар ордук, бастатан туран, медиктар харыстаналлар, билигин нэһилиэнньэҕэ туһалаах. Биһиги «этикет» саҥа таһымыгар таҕыстыбыт, мааска кэтэр буоллубут. Атын дойдуларга, холобур Японияҕа, Кореяҕа тумуу эпидемиятын кэмигэр куруук кэтэллэр. Биһиэхэ урут бу суох этэ, коронавируһунан сибээстээн эрэ кэтэр буоллубут. Медицинскай мааска вирустан чахчы харыстыыр кыахтаах, онтон элбэхтэ туттуллары кэтэр буоллаххытына, үчүгэйдик сууйуоххутун уонна өтүүктүү сылдьыаххытын наада — итии инфекцияны уонна микробтары өлөрөр. Көннөрү сууйуунан эрэ муҥурданымаҥ», — диэтэ Аграфена Аргунова.

Кини бэлиэтээбитинэн, доруобай тыҥалаах, сүрэхтээх дьоҥҥо мааска тыынарга мэһэйдээбэт. Медицина үлэһиттэрэ суукканы эргиччи кэтэллэр. Мааска эбийиэк иһигэр киирдэххэ, дьону кытта алтыһыыга ордук туһалаах. Онтон дьоно суох уулуссаҕа кэтэр ирдэммэт. Маннык түгэҥҥэ быстахтык устуохха сөп.

This post was published on 04.11.2020 18:02 18:02