Арассыыйа бары киэҥ экрааннарыгар Саха сиригэр уһуллубут «Пугало» киинэ 2021 сыл олунньутуттан көстүөҕэ. Бу туһунан «ПРОвзгляд» киинэ хампаанньата социальнай ситимнэргэ иһитиннэрдэ.
«2021 сыл олунньутугар биһиги «Искусство кино» сурунаалы кытта «Кинотавр» киинэ бэстибээлигэр үрдүк наҕарааданы ылбыт «Пугало» киинэни прокакка таһаарыахпыт», — диэн иһитиннэриигэ суруллубут.
Киинэ сүрүн дьоруойа — 40 сааһын ааспыт отоһут, дьонтон туспа олорор дьахтар. Дьон кинини кытта кэпсэппэт, билсибэт, ол эрээри эмтэнэ кэлэр. Сүрүн оруолу Саха эстрадатын тыйаатырын артыыһа Валентина Романова-Чыскыырай толорор. Киинэ режиссера — Дмитрий Давыдов, суруйар edersaas.ru
This post was published on 08.10.2020 18:02 18:02