Психотерапевт Валентина Кузьмина Нам улууһугар үлэлээтэ

Уопуттаах быраас, гомеопат, психотерапевт Валентина Кузьмина өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, нэһилиэктэригэр сылдьан, нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөлөрү оҥорор.


Кини бу күннэргэ Нам улууһугар үлэлээтэ. Онно нэһилиэнньэ олох хаачыстыбатыгар, арыгылаах утахха, арыгылаах утаҕы атыылааһыны хааччахтааһыҥҥа хайдах сыһыаннарыгар уо.д.а. боппуруостарга эппиэттээн, быраас ыытар чинчийиилэригэр көмөлөстө.

Гомеопат-быраас Үөдэй с. оскуолаҕа, нэһилиэк дьаһалтатыгар, балыыһаҕа сылдьан чөл олох туһунан лекциялары аахта. Ону сэргэ, баҕалаах дьоҥҥо Шичко ньыматынан куһаҕан дьаллыктан босхолонорго көмөлөстө.

— Дьон чэгиэн, чөл олоҕу наһаа сэргиир буолбут. Харахтара аһыллан, санаалара уһуктан эрэр. Ол гынан баран, куһаҕан дьаллыктан аккаастанарга туохтан уонна хайдах саҕалыыры чуолкайдык билбэттэр. Онон биһиги тустаах көмөнү оҥорорбутугар махтаннылар, – диэн Валентина Кузьмина Нам улууһугар үлэтин туһунан кэпсээтэ.

Уопсайынан, Валентина Михайловна иридодиагностика аппаратын көмөтүнэн 5 мүнүүтэ иһинэн организм туругун быһаарар. Вега-тест приборунан организмҥа ханнык битэмииннэр уонна микроэлеменнар тиийбэттэрин чопчулуур, сүбэлиир. Ону сэргэ стреһи устуу, куһаҕан дьаллыктартан – арыгыттан, табахтан аккаастаныы туһунан лекциялары ааҕар. Кини көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ уонунан тыһыынча киһи эмтэннэ, доруобуйатын чөлүгэр түһэрдэ.

This post was published on 27.10.2016 17:52 17:52