В.А.Протодьяконов-Кулантай 1912 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Уус Алдан Хоротугар төрөөбүт. Бэҕэһээ уопсастыбаннас кини төрөөбүт күнүн Дьокуускайга Ойуунускай аатынан литературнай музейга бэлиэтээтэ.
ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, драматург, уопсастыбаннай деятель, Саха АССР, РСФСР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сиригэр үп миниистиринэн үлэлээбит, оскуола сааһыттан холкуоска үлэлээбит киһи төрөөбүт күнүгэр быыстапка тэрилиннэ. Музейга кини пуондата, илиинэн суруйбут суруктара, бэлиэтээһиннэрэр, үп миниистиринэн үлэлии сылдьан суруйбут дакылааттара бааллар.
Кулантай кыра-улахан кыһалҕа диэн араарбакка барыларыгар көмөлөһөрүн бэлиэтээтилэр. Үрдүкү Сэбиэт 2-3 ыҥырыылаах мунньаҕын депутатынан талыллан, хоту улуустар кыһалҕаларын туруорсубут киһибит диэн кэпсээтилэр.
В.А.Протодьяконов-Кулантай литературнай музейы тэрийбит дьонтон биирдэстэрэ, манна 15 сылтан ордук кэмҥэ салайааччынан кэргэнэ Евдокия Ивановнаны кытта үлэлээбиттэрэ. Саҥа таас музей тутуутугар кини сүҥкэн кылааттаах.
Айар үлэҕэ бастаан хоһоон суруйуутуттан саҕалаабыт. «Өлүөнэ кытылыгар» диэн сэһэнэ 1939 с тахсар. «Партизан Морозов» — бу бастакы драмата. «Манчаарыны» эмиэ кини суруйбутун билэбит. Кулантай икки романнаах — «Уот кыымнаах», «Силис тардыыта». Айымньыларын туһунан бу көрсүһүүгэ элбэх этилиннэ.
Ыалдьыттарынан И.В.Мигалкин кэргэнэ Зоя Васильевна, Кривошапкин А.В., Макеев Д.Н, , биир дойдулаахтара бааллар.
Тэрээһин И.С.Жараев аатынан киинэ архыыбыгар үйэлээх көрүүгэ киириэҕэ. Операторынан үлэлээтэ В.Григорьев.
Ааптар: Марина Винокурова