Промышленнай хампаанньа Дьэлиҥдэ дьонун кытта бииргэ үлэлиирин биллэрдэ

Бу ыйга “Анаабыр Алмаастара” ААХ салалтата Дьэлиҥдэ олохтоохторун кытта көрсөн 2018-2019 сылларга туох үлэ ыытыллыбытын, барыахтааҕын, олохтоохторго шефтэһии быһыытынан көмө оҥорорго бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ. Эмиэ ити күннэргэ хампаанньа дьаһалынан нэһилиэккэ быраастар биригээдэлэрэ үлэлээтэ. Маны тэҥэ буор босхо «күөх рейс» оҥоһуллан, нэһилиэнньэҕэ оҕуруот аһын түҥэттилэр.


Дьэлиҥдэ олохтоохторун кытта хампаанньа генеральнай дириэктэрэ П.А. Маринычев уонна учаастак салайааччылара көрүстүлэр. Саамай улахан боппуруос “Улахан Куонапка” учаастагар «Талахтаах» вахтовай бөhүөлэккэ инники 10 сылга туттуллар «Полигон для размещения (хранения) твердых коммунальных (ТКО) и промышленных отходов (ПО)» туһунан нэhилиэк олохтоохторун иннигэр общественнай истии буолла. Бу боппуруос ааспыт сыл ахсынньы ыйын 22 күнүгэр нэhилиэнньэ иннигэр иhитиннэриитэ буолбута. Манна оройуонтан: промышленнай тэрилтэлэри кытта үлэҕэ исписэлииһэ Христофоров В.В., Суглан оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Винокурова А.Н., оройуоннааҕы АКМНС бэрэссэдээтэлэ Бенчик Н.В уонна да атыттар кыттыыны ылбыттара. Билигин иккистээн ити боппуруоhу көрүүгэ киллэрдилэр.

Нэhилиэк олохтоохторо бу да сырыыга уопсайа 98 киhи мунньахха сырытта, туhааннаах боппуруостарга этиннэ. Биригээдэни кытта оройуон Аҕа баһылыга А.С.Иванов кэлэн мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыытта. Кинилэри кытта кэлэ сырытта СӨ Айылҕатын харыстабылын Миниистирин солбуйааччыта Я.И. Заровняев. Айылҕаҕа хоромньу тахсыытын, айылҕа туругун хонтуруоллуур эколог С.А.Захаров ыаллыы сытар учаастактар үлэлэрин слайдынан көрдөрөн хайдах, туох үлэ бара турарын сиһилии кэпсээтэ.

Ити кэнниттэн бэриллибит ыйытыыларга Павел Алексеевич судургу эппиэт биэрдэ уонна Дьэлиҥдэ инники сайдарыгар өссө да күүс-көмө буоларын ыйда. Манна тоhоҕолоон ыччат үлэнэн хааччыллыытыгар уонна нэhилиэги тупсарыы үлэлэригэр шефтэһии быһыытынан көмө оҥорууга бэлэмин эттэ.


«Анаабыр Алмаастара» ААХ дьаhалтатынан үhүс сылын Дьэлиҥдэҕэ Сааскылааҕынан өрөспүүбүлүкэ быраастара олохтоох нэhилиэнньэ доруобуйатын сиhилии көрүүгэ «Доруобуйа дьаарбаҥкатын» ыыталлар. Бу сырыыга балаҕан ыйыгар 9 киhи састааптаах (терапевт, невролог, педиатр, гинеколог, кардиолог, лор, офтальмолог уонна 2 УЗИ исписэлиистэрэ) биригээдэ кэлэн үлэлээтэ. Уопсайа 105 оҕону, кардиолог – 116 киһини, лор — 98, гинеколог -72, окулист – 114, невролог – 92, терапевт -117 улахан киhини көрөн, толору медицинскэй көрүүнэн хаптылар. Олохтоохтор кэлбит быраастарга улахан уочарата суох барыларыгар көрдөрөн махталлара баhаам.

Вертолет иккис сырыытыгар “Анаабыр Алмаастара” аhаҕас акционернай хампаанньа көмө быhыытынан «Зеленый рейс» ыытта. Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ, үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ туонна биэс сүүс кэриҥэ  хортуоппуй, хаппыыста, луук буор босхо бэрилиннэ. Хампаанньа маннык көмөнү үhүс сылын оҥорор.

— «Анаабыр Алмаастара» аhаҕас акционернай хампаанньа генеральнай дириэктэригэр П.А. Маринычевка, нэhилиэк олохтоохторун аатыттан махталбытын тиэрдэбит,  — диэн олохтоохтор үөрүүлэрин, махталларын биллэрэллэр.

Ааптар: Маргарита НИКОЛАЕВА, http://ulus.media

This post was published on 24.09.2019 10:08 10:08