Сааскы ыҥырыы призывниктарын, коронавируһунан сибээстээн, ыам ыйын 20 чыыһылатын кэнниттэн биирдэ ыыталыахтара. Ол туһунан РФ Миноборуонатын бюллетенигэр этиллэр диэн СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.
«РФ субъектарын призывтыыр хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрин быһаарыытынан, хамыыһыйалар ыам ыйын 6 күнүн кэнниттэн үлэлииллэр, онтон гражданнары байыаннай сулууспаҕа ыытыы ыам ыйын 20 чыыһылатын кэнниттэн былааннанар«, — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
РФ Миноборуоната эппитинэн, байыаннай комиссариаттар эпидемияны утары күүстээх эрэһиим усулуобуйатыгар үлэлииллэр. Бары маасканан, антисептиктарынан хааччыллыбыттар. Призывниктары үөрэтии «удаленнайдык» ыытыллар.
Призывниктары офицердар арыаллыахтара, кинилэр бары миэрэни тутуһуохтара, тутуһуннарыахтара. Призывниктар коронавирус инфекциятыгар тестирование ааһаллара булгуччулаах.