Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайыытыгар бизнеһи өйүүр миэрэлэргэ тохтоото. Кини бизнеһи муннукка хаайыллыа суохтааҕын чуолкайдык эттэ.
«Бизнес дьоно дьону үлэлээх оҥороллор», — диэтэ кини. «Искусственнай оптимизация» механизмнарын кыһалҕаттан оҥорбут орто хампаанньаларга Россия бырабыыталыстыбата амнистия оҥороругар соруйда. Ыстыраап, мунньуллубут нолуок төлөбүрэ суох буолуохтаах диэтэ президент.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Владимир Путин «рискоориентированный подход» диэҥҥэ көһөр, ону сокуонунан бигэргэтэр туһунан эттэ. Бу бизнеһи бэрэбиэркэлээһини аҕыйатыаҕа.
Туһаайыыга орто уонна дьоҕус бизнескэ эмиэ чэпчэтиилэр баалларын туһунан этилиннэ. Биэс сылга биирдэ «кредитнэй каникул» биллэриэхтэрин сөп.
This post was published on 01.03.2024 15:01 15:01