Соторутааҕыта Российскай Федерация Президенэ Владимир Владимирович Путин быыбар иннинээҕи анал этиитин сэҥээрэ, долгуйа, астына, киэн тутта иһиттим. Итиэннэ, баараҕадыйан эрэр көлүөнэ киһитин быһыытынан, дьоммор-сэргэбэр саргы санаабын, этэр тылбын тиэртэххэ сатаныыһы диэн санааттан суруйан эрэбин.
Биһиги балысхан сайдыылаах XXI үйэҕэ олоробут, үөрэнэбит, үлэлиибит, сарсыҥҥы олоҕу тутабыт. Өссө ааспыт үйэ арҕаһыгар үс саха өркөн өйдөөҕө, улуу бэйиэтэ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх былдьаһыктаах кэмҥэ, охсуһуулаах үйэҕэ саха омук ньүкэн дьоно-сэргэтэ ортоку олугу таба тайаныахтаах, суолун солуохтаах, аартыгын арҕарыахтаах диэн тойон сүбэ ыллыктаах тылын эппиттээх. Ол оччотооҕу кэмҥэ-кэрдиигэ, быһыыга-майгыга сөрү-сөптөөх этэ.
Онтон билигин атын кэм, атын үйэ. Дойдуга долгутуулаах кэмнэр, Россия Президенин быыбара буолара күн-түүн чугаһаан иһэр.
Буолаары турар быыбардар иннилэригэр Российскай Федерация Президенэ Владимир Путин эппит анал этиитэ дьон-сэргэ нохтолоох сүрэҕин ортотунан киирдэҕэ, саныыр санаатын, ымыы ыратын таба тайаннаҕа диэн киэн туттуу истиҥ иэйиитигэр куустарабын. Үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үс саха эйэлээх олоҕу, ыраас халлааны туохтааҕар даҕаны ордорор, ол туһугар олорор, үлэлиир, айар-тутар, ол иннигэр өлөрүн утуйарга ууран, хорсуннук-хоодуоттук охсуһар.
Президент бэйэтин анал этиитигэр хаан-уруу дьонугар-сэргэтигэр туһаайан, эйэлээх ыраас халлааны эрэннэрдэ, ол ыллыктаах, ылыннарыылаах, түс-бас тылын-өһүн аныгы байыаннай техника баараҕай сайдыытын, тэҥнээҕэ суох муҥутуур күүһүн-уоҕун, урут ким даҕаны, санаан даҕаны көрбөтөҕүн, аан дойдуга аан бастаан көрдөрбүтэ, кэпсээбитэ буолла. Ол аата, эйэлээх, нус-хас олоххо, үрүҥ күн, ыраас халлаан анныгар , туох-ханнык, санааҕа-онооҕо киирбэккэ, кыһалҕаҕа кыбыллыбакка, сарсыҥҥы олохпут саргыланарын, кэнчээри ыччаппыт кэскилэ кэҥиирин, барҕа баҕата, ыллам ырата туоларын туһугар туруулаһан, үөрэниэх, үлэлиэх, айыах-тутуох тустаахпыт. Ол иһин ким барыта хаһан баҕарар, ханна баҕарар ааспытынан астыммат, буолбутунан дуоһуйбат, саҥаттан саҥа, үрдүктэн үрдүк үрдэллэри, килбиэннээх кирбиилэри кыайарга-хоторго модун, булгуруйбат, көхтөөх соруктаах, баараҕай былааннаах буолуохтаах. Ону олоххо киллэрэргэ кими даҕаны күүппэккэ, тугу даҕаны кэтэспэккэ, өйгүн-санааҕын өрүкүтэн, толкуйгун тобулан, сатабылгын сытыылаан, кэмигэр, кэскиллээхтик, кэрэхсэбиллээхтик, айымньылаахтык, күүрээннээхтик үлэлээ.
Үс саха улуу уола, Платон Алексеевич Ойуунускай, бар дьон билиниитинэн, ураты сыанабылынан, государственнай өйдөөх общественнай-политическай деятель, төлөннөөх революционер, саҥа олох поэта, революция ырыаһыта, тыл, үөрэх, наука, литература салайааччыта, тэрийээччитэ, сахалартан бастакы лингвист-учуонай, саха олоҥхотун, былыргы итэҕэлин үйэтиппит бөлүһүөк, киэҥник биллибит, мөккүөр бөҕөтүн мөҕүрэппит «Кыһыл Ойуун» философскай айымньыны айбыта. Бу дьоһуннаах, дириҥ муударай дьүһүйүүтүгэр, бэйэтэ бэлиэтииринэн, олоҥхо-тойугунан ааттанар айыытыгар, үс үйэни курдары куоһарар, история эркээйитинэн, утуу-субуу солбуйсар кэрдиис кэмнэр, сүрүн идеятынан, ис хоһоонун тосхолунан, иэгэйэр Икки атахтаах (киһи барахсан) «өрөгөй төлөннөөх өлбөт өйүнэн», Ийэ сиргэ, олоҥхо дойдутугар, Таҥара буолан тиллэн кэлэригэр эрэли этэн, итэҕэли иэҕэн, хаһан эрэ өйдүөхтэрэ, саргы санаабын салгыы сайыннаран, өтө көрөн, билгэлээн, биһирэмнээн, дириҥник сылыктаан, сыаналаан, сайа этиэхтэрэ диэбитэ чахчы. Онон, үс саха үтүө-мааны дьоно-сэргэтэ, кэнчээри ыччата, үүнэр көлүөнэтэ, сардаҥалаах сарсыҥҥыта инники олоххун, үөрэххин, үлэҕин-хамнаскын саҥалыы толкуйдаа, анааран көр, сыаналаа, былааннаа, торумнаа.
Үс саха барахсан — үлэһит норуот. Ол да иһин дириҥ өйдөөх-санаалаах, чугаһы чугуулуур, ырааҕы ырытар, эргитэн көрөр, тобуллаҕас толкуйдаах буолан, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сүтэн-симэлийэн, быстан-ойдон хаалбакка, тылын-өһүн, культуратын, былыргы итэҕэлин утумнаахтык, салгыы сайыннаран, түҥ былыргыттан бүгүҥҥүгэ тиийэн кэллэҕэ.