Президент 2023 сылга МРОТ-у инфляция таһымыттан улаатыннарарга сорудахтаата

Хамнас алын кээмэйэ Россияҕа 2023 сылга инфляцияны куоһарыахтаах. Сорудаҕы Россия президенэ Владимир Путин биэрдэ, суруйар Кремль саайта.

«РФ бырабыыталыстыбата 2023 сылга хамнас алын кээмэйин инфляция улаатыытын тиэмпэтин уонна дойдуга орто хамнас үрдээһинин куоһаран улаатыннарарга уонна инникитин бу хайысха сайдыытыгар этии киллэрэргитигэр», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Бу боппуруоска дакылаат 2023 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах. Сорудах стратегияҕа уонна национальнай бырайыактарга Сэбиэт мунньаҕын кэнниттэн бэрилиннэ. Тэрээһин ахсынньы 15 күнүгэр буолбута, суруйар ТАСС.

Хамнас алын кээмэйэ 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 6,3% индексацияламмыта уонна 16 242 солк буолбута. Бу сылга көрдөрүү 2000 солк тахса улаатта.

2022 саҥатыгар МРОТ 13 890 солк тэҥэ.

This post was published on 01.02.2023 11:33 11:33