2024 сылга предпринимателлэри хас да уларыйыы күүтэр. Ол иһигэр УСН дохуотугар саҥа лимииккэ, страховой усунуос үрдээһинигэр.
Предпринимательство министиэристибэтигэр эттилэр:
— УСН дохуот саҥа лимииттэрэ. Тохсунньу 1 күнүттэн «порог» 199,35 мөл солк дылы улаатар. Муҥутуур суума — 265,8 мөл солк;
— ИП-ларга страховой усунуос улаатыыта. «За себя» усунуос 49 500 солк диэри. 300 000 солк тахсар дохуоттаах буоллаххына — эбии 1%;
— МРОТ улаатта. Саҥа МРОТ — 19 242 солк. Үлэ дуогабардарын уонна локальнай актары уларытар наада;
— баайга-дуолга декларацияны биэриигэ саҥа бэрээдэк. Биллэрии олунньу 1 күнүгэр диэри, сыллааҕы декларация — олунньу 25 күнүгэр диэри;
— ИП-га саҥардыллыбыт декларация. Толоруу бэрээдэгэ нолуок эбийиэгиттэн, чэпчэтииттэн, дохуот лимиититтэн, үлэһит ахсааныттан тутулуктаах.
This post was published on 27.12.2023 16:01 16:01