Бэс ыйыгар «Азия оҕолоро» VI-с спортивнай оонньуу бэлиэлэрэ атыыга тахсыахтара. Билигин бэлиэлэри оҥорор предпринимателлэри таллылар, оонньуу бэлиэтэ буолуон сөптөөх табаар испииһэгин оҥордулар. Онно таҥас, иһит, оонньуур, о.д.а. сувенирдар киирэ сылдьаллар.
Предпринимательство, туризмы сайдыытын министиэристибэтэ тустаах куонкуруһу кулун тутар 15-31 күннэригэр ыыппыта. Киирбит сайаапкалары аналлаах хамыыһыйа сыаналаабыта.
Куонкуруска барыта 21 сайаапка киирбитэ. Үгэс буобут сувенирдары таһынан мэтээл, брелок, түөскэ кэтиллэр киэргэл (кулон), сэлии аһыытыттан, ювелирнай оҥоһуктар барыйааннара баллара.
Хамыыһыйа быһаарыытынан 3 мөл.солк. 16 предприниматель ылыаҕа. Хас биирдиилэригэр тиксэринэн — 200 тыһ.солк. Кыайыылаахтар ахсааннарыгар «КопиЦентр», «Көмүлүөк», «Чороон XXI век», «Идея» рекламнай компания уо.д.а. тигистилэр. Кинилэр ортолоругар Дьокуускай, Муома, Мэҥэ Хаҥалас предпринимателлэрэ бааллар.
«Көҥүл атыыга таһаарар сувенирнай бородууксуйаны бишолиттан уонна имигэс таастан оҥоруохпут», — диэн СИА-ҕа «Имигэс таас» компания дириэктэрэ Виктория Константинова эттэ.
This post was published on 25.04.2016 10:58 10:58