Саха сирин православнай итэҕэллээхтэрэ ыам ыйын 1 күнэ үүнэр түүнүгэр Преображенскай таҥара дьиэтигэр Пасхаҕа анаммыт литургияҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэри бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев эҕэрдэлээтэ.
«Православнай итэҕэл үтүө үгэстэрин сөргүтүү үлэтэ барар. Таҥара дьиэлэлин туталлар, уруккулары саҥардан, тупсаран оҥороллор. Литургия сахалыы тылынан ыытыллар, таҥара кинигэлэрэ сахалыы бэчээттэнэн тахсаллар», —диэтэ Александр Соловьев.
«Киһи төһөнөн таҥараҕа чугас да, соччонон ыраас, сырдык буолар. Христос ыйыытын-кэрдиитин ылынан, итини олохторун сүрүн олуга оҥостон дьон олоҕу олорор», — диэтэ вице-премьер.
Региоҥҥа гражданскай институту сайыннарыы миниистирэ Сардаана Гурьева православнай итэҕэл Саха сиригэр оруола улаханын, онон итэҕэлээхтэргэ Пасха биир сүрүн бырааһынньык буоларын бэлиэтээн эттэ. «17 үйэҕэ Саха сиригэр нуучча казактара кэлиэхтэриттэн ыла олохтоох дьон бу итэҕэли түргэнник ылыммыта», — диир миниистир.
Элбэх конфессиялар бэрэстэбиитэллэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ доҕордоһон, сөбүлэһэн олороллорун кини чиҥэтэн эттэ. Маннык үтүөтүк хардарыта дьайсыы, түмсүүлээх буолуу регион тэтимнээхтик сайдарыгар сүрүн төһүү буоларын кини ыйда.
Пасха нэдиэлэтэ ыам ыйын 9 күнүгэр диэри салҕанар.
This post was published on 01.05.2016 15:25 15:25