Пандемиянан сибээстээн ночоокко киирбит авиахампаанньалары өйөөһүн бырагырааматын болдьоҕо уһуур буолла. Уураахха РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата, СИА суруйар.
Эрдэтээҥи субсидияны төлүүргэ анаммыт быраабыланан дьаһал олунньуттан от ыйыгар диэри үлэлээбитэ. Билигин бырагыраама сэтинньини хабар. Субсидия кээмэйэ пандемиянан сибээстээн «сүтэриллибит» пассажирга 365 солкуобайтан 685 солкуобайга диэри улаатта. Уһук Илиҥҥи уокурукка үлэлиир хампаанньаларга көрүллэр суума үрдэтиллибит коэффиценынан учуоттанан ааҕыллар.
Ыам ыйыгар бу сыалга анаан барыта 23,4 млрд солк тыырыллыбыта. От ыйыттан сэтинньигэ диэри бу сууматтан көрүллэр.
Үбүлээһинтэн авиационнай персоналга хамнас, лизини сабыыга, салгын ааллара турар стянкаларыгар төлөбүргэ, маны сэргэ операционнай үлэҕэ уонна баайы-дуолу хааччыйыыга туттуллар.
Маны сэргэ аэропортары субсидиялыыр бырагыраама болдьоҕо эмиэ уһаата. Билигин кинилэргэ 2020 сыл от ыйыгар эмиэ компенсация көрүллүө. Дьиҥэр, сыл иккис кыбаарталынан өйөбүл бырагыраамата тохтуохтааҕа. Бу сыалга бэс ыйыгар быһаарыы тахсыбыта уонна 10,9 млрд солк көрүллүбүтэ.
This post was published on 15.12.2020 10:01 10:01