Сылтан сыл ыччат хантыраагынан сулууспалыы барара элбээтэ. Ону тэҥэ сулууспалыы барааһын ирдэбилэ даҕаны үрдээтэ, саҥа уларыйыылар даҕаны киирдилэр, диэн edersaas.ru иhитиннэрэр.
Сиһилии хантыраагынан сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун старшай инструктора прапорщик Алексей Колесов билиһиннэрэр:
— Хантыраагынан сулууспа диэн, бастатан туран, төрөөбүт дойдуну көмүскүүр идэ буолар. Хантыраагы Оборона министиэристибэтин кытта баттаһаллар. Ол курдук, хантыраагынан сулууспаҕа уолаттары тэҥэ кыргыттар эмиэ барыахтарын сөп. Кэнники сылларга хантыраагынан сулууспалыы барыан баҕарар ыччат олус элбээтэ. Ону кытта сулууспаҕа талар ирдэбиллэр биллэ үрдүүллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ хантыраагынан аармыйаҕа сулууспалаабыт уонна сулууспалаабатах үрдүк уонна орто үөрэхтээх ыччаты талабыт. Ити быйылгы сүүмэрдээһиҥҥэ — сүрүн уларыйыы. Баҕалаах ыччат сүүмэрдиир пууҥҥа кэлэн сайабылыанньа суруйар уонна докумуоннарын туттарар. Ол кэнниттэн үс түһүмэхтээх хамыыһыйаны барар. Бастакы уочарат медицинскэй хамыыһыйаны ааһар, доруобуйата үчүгэй буолуохтаах. Иккиһинэн, байыаннай идэни быһаарар уонна ньиэрбэни бэрибиэркэлиир тургутууну ааһар. Дьэ, ити икки түһүмэҕи аастаҕына, тиһэх медицинскэй хаамыһыйаны хос ааһар уонна эт-хаан сайдыытын көрөр нормативтары туттарар. Ити ааттаммыт түһүмэхтэри аастаҕына, хамыыһыйа түмүк быһаарыныыны ылынар уонна сөптөөх, эбэтэр сулууспалааччы баҕарар байыаннай чааһыгар аныыллар.
Сулууспалааччы чааһыгар тиийдэҕинэ дуоһунас аныыллар уонна соло иҥэрэллэр. Оттон үрдүк үөрэхтээх дьону идэтинэн сөп түбэһиннэрэн, аппыһыар солотун мэктиэлээн иҥэриэхтэрин сөп. Ону тэҥэ, билигин хантыраагынан сулууспалыы сылдьар 27 саастарын туола илик уолаттар бэйэлэрин баҕаларынан анал байыаннай үөрэххэ үөрэниэхтэри, байыаннай идэлэниэхтэрин сөп. Техническэй үөрэхтээх ыччат ордук түргэнник дуоһунаска тахсан аппыһыар солотун ылар.
Хантыраагынан сулууспа хамнаһа — 23 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан 80 тыһыынчаҕа тиийэр. Өссө байыаннай ипотека көрүллэр. Ол курдук, алта сыллаах сулууспа тухары дьиэ ыларга үп мунньуллар. Иккис хантыраак бүтүүтэ байыаннай киһи үбүн суотугар мунньуллубут харчынан Арассыыйа араас муннугар дьиэ атыылаһар бырааптанар. Хоту регионнарга сулууспалыы сылдьар ыччат биир сыллаах сулууспата икки сылынан ааҕыллар. Ол курдук, уон сыллаах сулууспа кэнниттэн пенсияҕа тахсар бырааптаналлар. Аны сыл ахсын уоппуска көрүллэр, сынньана барарга сулууспалааччыга уонна кини дьиэ кэргэнниттэн биир киһиэхэ айан харчыта төлөнөр. Эбиитин төрөппүттэрин уонна дьиэ кэргэнин босхо медицинэ өҥөтүнэн хааччыйаллар.
2012 сыллаах хантыраакка сүүмэрдээһини кытта тэҥнээн көрдөххө, кэнники сылларга сүүмэрдээһин кытаатта. Ол курдук, 10 киһиттэн 9-һа сулууспаҕа талыллар буоллаҕына, билигин 4-5 эрэ ыччат хамыыһыйаны ааһар кыахтанна. Мин санаабар, хас биирдии киһи аармыйаҕа сулууспалаабытын даҕаны, сулууспалаабатаҕын даҕаны иһин араас ыарахан түгэннэргэ бэлэм буолуохтаах. Олоххо араас буолар.
Хантыраагынан сулууспаны кэрэхсээбит ыччаты сулууспаҕа ыҥырабыт.
This post was published on 23.05.2017 10:10 10:10