Попова коронавирус "араастык биллиэн сөбүгэр" бэлэм буолары эттэ

MOSCOW, RUSSIA - MAY 12, 2020: Anna Popova, head of the Russian Federal Service for Surveillance on Consumer Rights Protection and Human Wellbeing (Rospotrebnadzor), during a briefing on counter coronavirus measures. Alexander Astafyev/POOL/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêâà. Ðóêîâîäèòåëü Ðîñïîòðåáíàäçîðà, ãëàâíûé ãîñóäàðñòâåííûé ñàíèòàðíûé âðà÷ ÐÔ Àííà Ïîïîâà âî âðåìÿ áðèôèíãà íà òåìó áîðüáû ñ êîðîíàâèðóñîì ïîñëå çàñåäàíèÿ øòàáà. Àëåêñàíäð Àñòàôüåâ/POOL/ÒÀÑÑ

Роспотребнадзор баһылыга Анна Попова коронавирус хайа баҕарар өттүттэн «биллиэн» сөбүн эттэ. Онно бэлэм буолуу ирдэнэрин санатта. Ити эрээри олохтоммут быраабылалары тутустахха балаһыанньа уларыйыа суохтааҕар эрэнэрин биллэрдэ, ТАСС суруйар.


“Биһиги араас балаһыанньа күөрэйэн тахсыан сөбүгэр бэлэм буолуохтаахпыт, билигин бу тутуһуллар. Олохтоммут быраабылалары тутустахха уларыйыылар тахсыа суохтаахтар”, – диэтэ Анна Попова “Россия-1” ханаалга интервью биэриитигэр.

Кини эппитинэн, коронавирус тарҕаныыта Россияҕа биир кэм. Ити эрээри эмискэ күөрэйэн тахсыылар бэлиэтэнэллэр. “Ыарыы намтааһына баар, ити эрээри хас да өрө туруу ббэлиэтэнэр, ону кытта үлэлиибит», – диэтэ кини.

This post was published on 01.09.2020 16:01 16:01