Саха сиригэр «Полюс холода Оймякон» V экстремальнай марафон кыайыылаахтара билиннилэр, суруйар ЯСИА кэрэспэдьиэнэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан эр дьоҥҥо Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэлэ Константин Драгунов буолла. 42,2 км кини 3 чаас 7 мүнүүтэ иһигэр кэллэ. Бэйэтин кыайыытын соторутааҕыта олохтон туораабыт эһэтигэр анаата.
21,1 км дистанцияҕа бастакы миэстэни эр дьоҥҥо полумарафонец Леонид Зыков ылла, кини бириэмэтэ 1 чаас 34 мүнүүтэ, иккиһинэн Василий Филиппов кэллэ, көрдөрүүтэ 1 чаас 38 мүнүүтэ, үһүс — Эдуард Божедонов буолла.
Дьахталларга лидер Яна Егорова, Нам улууһуттан, Капиталина Харайданова, Таатта улууһа уонна Алиса Матвеева, Москва.
Барыта 38 спортсмен кытынна.