«Полярные авиалинии» Муомаҕа, Баатаҕайга, Сааскылаахха уонна Үрүҥ Хайаҕа билиэт сыанатын түһэрдэ

Бу сыл алтынньы 24 күнүгэр диэри «Полярные авиалинии» хампаанньа Муомаҕа, Баатаҕайга, Сааскылаахха уонна Үрүҥ Хайаҕа билиэт сыанатын түһэрдэ диэн СИА иһитиннэрэр.


Дьокуускай-Муома-Дьокуускай хайысханан билиэт сыаната 15300 солкуобай буолла.
Дьокуускай-Баатаҕай  — 15090 солк;
Баатаҕай-Дьокуускай — 11960 солк;
Дьокуускай-Сааскылаах-Дьокуускай — 24000 солк.
Дьокуускай-Үрүҥ Хайа — 20900 солк;
Үрүҥ Хайа-Дьокуускай 20000 солкуобай.

2-12-гэр диэри саастаах оҕолорго ити хайысхаларынан 50% чэпчэтии көрүллэр.

Сөмөлүөккэ 5 киилэ илии тутуурун итиэннэ 20 киилэ таһаҕас ылыахха сөп. Итинтэн үөһэ таһаҕаска хас эбии киилэ аайы 200-300 солк диэри айан хайысхатыттан көрөн төлүөххэ наада.

This post was published on 20.08.2020 18:01 18:01