Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter бөртөлүөтү көрдөөһүҥҥэ «Полярные авиалинии» Ми-8 салгын аала көттө. Бортка быһааччылар бөлөхтөрө баар, диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Полярные авиалинии» Ми-8 салгын суудунатын хамандыыра Тимур Бесаев авиахампаанньа саамай уопуттаах пилота, 23200 чаас көтүүлээх, быыһыыр үлэҕэ хас да төгүл кыттыбыт.
Санатар эбит буоллахха, балаҕан ыйын 13 күнүгэр Eurocopter бөртөлүөт Уус-Ньара — Аяма күөл — Уточан үрүйэ — Уус Ньара хайысханан балык тиэйиитигэр көппүт. Быһа барыллаан, 13.20 Москва бириэмэтинэн спутнигынан сибээскэ тахсара тохтообут.
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр «Полярные авиалинии» хампаанньа икки бөртөлүөтэ уонна Ан-26 сөмөлүөтэ сүппүт суудунаны көрдөөһүҥҥэ тахсаллар. Сүппүт көтөр аалга пилот уонна икки пассажир баара биллэр.
This post was published on 18.09.2019 15:17 15:17