Саха сиринээҕи «Полярные авиалинии» хампаанньа пассажирдарын хаачыстыбалаахтык уонна судаарыстыбаттан өйөбүлэ суох сөптөөх сыананан көтүтэр кыахтаах. Ол иһин кини Уһук Илиҥҥи биир кэлим «Аврора» авиахампаанньаҕа киирбэт.
Ол туһунан РФ вице-премьера — президент Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев эттэ. Кини бэлиэтээбитинэн, Уһук Илин авиахампаанньаларын биир сиргэ түмэн, биир кэлим хампаанньаны тэрийэн, судаарыстыбаттан көрүллэр субсидия механизмын аһаҕас гынар сыаллаах.
Санаттахха, «Аврораҕа» «Якутия» АХ киирэр, Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, Уһук Илин авиахампаанньалар 40% рейстарын оҥорор.
«Биһиги бары хайаан да биир кэлим хампаанньаҕа киириэхтээхтэр диэн соругу туруорбатахпыт. Үгүстэр киирдилэр. «Полярные авиалинии» хампаанньа өссө кэтээн көрөрүн эттэ. Күһэйбэппит. Соторутааҕыта Айсен Николаевы кытта кэпсэппитим, онно кини авиахампаанньа дохуот киллэрэр диэбитэ. Онон дохуоттаах буоллахтарына үлэлээтиннэр, субсидия туохха наада буолуой?», – диэтэ боломуочуйалаах.
Санаттахха, биир кэлим авиахампаанньа 2021 сыллаахха Россия президенин сорудаҕынан тэриллибитэ.
This post was published on 10.07.2023 14:28 14:28