«Полярные авиалинии» хампаанньа Өлүөнэ эбэни туоратыыны саҕалаата

Өлүөнэ эбэни туоруур уу суола сабыллыбытынан, «Полярные авиалинии» АХ дьону уонна таһаҕаһы Ми-8 бөртөлүөтүнэн таһыыта саҕаланна. Хайысхата Дьокуускай — Аллараа Бэстээх.


Көтүүлэр хайысхалара:  Маҕан — Манньыаттаах былаһаакка (Аллараа Бэстээх) — Маҕан, хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Полярные авиалинии» АХ оробуочай хамыыһыйата Манньыаттаах көтөр аал олорор былаһааккатын бэрэбиэркэлээтэ. Анал сир быраабылаҕа эппиэттиир, Ми-8 уонна кини модификациятын түһэрэр кыахтааҕа бэлиэтэннэ.

Билиэттэри (Курашов, 22 42-48-01), Маҕан аэропордугар (40-60-36) уонна Аллраа Бэстээххэ (Ленин, 36, 8 (41143) 47-4-45) ылыахха сөп диэн иһитиннэрдилэр.

This post was published on 21.10.2020 12:02 12:02