«Полярные авиалинии» бөртөлүөтүгэр авиация бэтэрээнэ Федор Марков аата иҥэрилиннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия гражданскай авиациятын күнүгэр «Полярные авиалинии» АХ авиация уонна авиахампаанньа бэтэрээнэ Федор Марков сырдык аатын Ми-8 МТВ1 көтөр суудунаҕа иҥэрэр туһунан тэрээһин буолла.

Ол туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Марков Федор Гаврильевич – үлэ уонна авиация бэтэрээнэ, «Полярные авиалинии» авиахампаанньа уонна салгын тырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ.

This post was published on 12.02.2024 11:32 11:32