"Полярные авиалинии" авиахампаанньа көтөр аалларыгар САССР 100 сылыгар анаммыт логотиптары ыйаата

«Полярные авиалинии» АХ бөртөлүөттэригэр уонна сөмөлүөттэригэр Саха АССР 100 сылыгар анаммыт бэлиэлэр ыйаныахтара. Логотип көтөр ааллар көстүүлэрин ситэрэн биэриэҕэ. 

«Ан-24, Ан-26 сөмөлүөттэр уонна Ми-8 бөртөлүөттэри киэргэтии үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ананар», — диэтилэр авиахампаанньаҕа.

«Полярные авиалинии» хампаанньа Саха сиригэр салгын аалынан пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйэр-таһар тэрилтэнэн буолар. Ордук чуолаан, хоту улуустарга. Маны сэргэ саахал тахсар түгэнигэр быыһыыр итиэннэ санитарнай көтүүлэри оҥорор.

This post was published on 22.03.2022 19:01 19:01