Авиахампаанньа ахсынньы ыйга 24 туонна аһы-үөлү Арктика уона хоту улуустарга тириэрдэр былааннаах. «Якутоптторг» тэрилтэ сайаапкатынан тэриллэр.
Ахсынньы саҥатыттан «Полярные авиалинии» Дьокуускай — Уус-Куйга хайысханан биир рейсы оҥордо. Ый бүтүөр диэри өссө кырата түөрт көтүү былааннанар: Тиксиигэ, Чокурдаахха, Муомаҕа, Уус-Куйгаҕа. Ан-26 уонна Ан-24 көтөр аалларынан 24 туонна бородуукта тириэрдиллэр.
Улуус кииннэриттэн салгыы нэһилиэктэргэ бөртөлүөттэр таһыахтара. Ми-8 салгын тырааныспара Таймылыырга, Намыыга, Ньайбаҕа, Дьүкээгиргэ, Тумакка, Хайырга, Нычалаахха, Чкаловка, Оленегорскайга, Орто Халымаҕа, Колымскайга, Андрюшкиноҕа уонна Уһун Күөлгэ илдьиэхтэрэ, СИА-ҕа авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 16.12.2020 18:02 18:02