Семен Винокуров эппитинэн, авиахампаанньа 2017 сылтан сэттэ бөртөлүөтү ылла. «Ми-8МТВ-1 Арктика усулуобуйатыгар эрэллээхтик сылдьарын дакаастаата. Көтөр-техническай характеристиката тупсарыллыбытынан саамай наадалаах салгын тырааныспара буолар. Саха сирин авиациятын 100 сылыгар анаммыта суолталаах бэлиэ», — диэтэ Семен Винокуров, биир бөртөлүөккэ аат иҥэрэригэр.
Икки саҥа элбэх сыаллаах Ми-8МТВ-1 бөртөлүөт «Полярные авиалинии» авиахампаанньа пааркатын толордо. Бииригэр «100 лет авиации Якутии» аат иҥэриэхтэрэ. Ол туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.