Өймөкөөҥҥө буолар Олоҥхо ыһыаҕар анаан «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бэс ыйын 30 — от ыйын 2 күннэригэр Маҕан — Өймөкөөн (Томтор) — Маҕан хайысханан социальнай суолталаах рейстары оҥорор. Ол туһунан регион пресс-сулууспата суруйда.
Маны сэргэ ыһыах кэмнэригэр Мэҥэ-Алдан — Кэскил хайысханан Алдан өрүскэ биэс паром үлэлиэҕэ. «Халыма» трасса кытыытынан Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Томпо оройуоннарынан уопсастыбаннай миэстэлэри ыраастааһын, хомуйуу барыаҕа. Күбүмэҕэ тохтоло суох үлэлиир медицина пууна арыллыаҕа.
«Халыма» уонна «Өймөкөөн» трассаларга массыына сууйар икки анал техника дьуһуурустубалыаҕа. Томторго Дьокуускайтан анаан ыытыахтара.
2023 сыллааҕы Олоҥхо ыһыаҕа от ыйын 1 — 2 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар буолар.
This post was published on 06.06.2023 09:03 09:03