Муус устар ыйга “Полярные авиалинии” авиахампаанньаҕа ТВС-2ДТС 200 саҥа сөмөлүөтү аҕалыыга уһун болдьохтоох хантыраагы түһэрсии күүтүллэр. Улан-Удэтээҕи сөмөлүөтү оҥорор собуот салгын суудуналарын 2021 сылтан биэриэҕэ.
Санатан эттэххэ, бу үлэ 2018 сыл олунньу 15 күнүгэр Сочига РФ Тырааныспарка министиэристибэтин, РФ Бырамыысалыннаска уонна эргиэҥҥэ министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин уонна “Россия вертолеттара” АУо икки ардыларыгар РФ регионнарыгар олохтоох салгын линияларын тэрийиигэ түһэрсибит сөбүлэһиилэригэр олоҕуран ыытыллар.
Аҕыйах хонуктааҕыта С.А.Чаплыгин аатынан Сибиирдээҕи научнай-чинчийэр институкка бу сөмөлүөтү оҥорон таһаарыыны саҕалааһыҥҥа наадалаах докумуону бэлэмнээһиҥҥэ уонна толорууга анаммыт сүбэ мунньах ыытылынна.
Мунньахха өрүттэр саҥа сөмөлүөтү муус устар саҥатыгар презентациялыырга уонна 2021 сылтан 2025 сылга диэри бу сериялаах сөмөлүөттэри аҕаларга дуогабарга илии басттастылар. Онон Саха сирин салгынынан тиэйээччитэ 200 сөмөлүөтү ылыаҕа, итилэр өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Уһук Илин уонна Сибиир регионнарыгар көтүөхтэрэ.
This post was published on 26.03.2018 17:30 17:30