Олунньу саҥатыгар Мииринэй оройуонугар «Полярнай» аэропорда саҥа балаһатыгар сөмөлүөттэри түһэриэҕэ.
Аэропортка сөмөлүөт көтөр-олорор 1550 м уһуннаах балаһата үлэҕэ киирдэ. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллин эттэ.
Үлэ «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайыагынан ыытылынна. Салайааччы эппитинэн, Россияҕа нацбырайыагынан 2020-2023 сылларга 33 аэродромнай инфраструктура эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ.
«Ространсмодернизация» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Игорь Гуров эппитинэн, туһааннаах аэропортка үлэ салҕанар. 2024 сылга манна өссө 950 м балаһаны саҥардыахтара, саҥа уот-күүс уонна метеотэрили оҥоруохтара.
«Реконструкция барыта бүттэҕинэ аэропорт Boeing 737–800 уонна Ил-76 улахан сөмөлүөттэри түһэриэҕэ», — диэтэ Марат Хуснуллин.
This post was published on 05.02.2024 13:07 13:07