«Полярнай» аэропордугар 2,5 км көтөр-олорор балаһаны саҥардыахтара

Россия «Главгосэкспертиза» тэрилтэ экспертара Удачнай куорат аэрэпордун саҥардыыга бырайыактыыр-смета докумуонун көрдүлэр. Докумуоҥҥа сөбүлэҥнэрин биэрдилэр.


Удачнайтан 9 км тэйиччи баар «Полярнай» аэропорт регионнааҕы көтүүлэри, ону сэргэ Красноярск, Новосибирск уонна Москва куораттарга быһа рейстары оҥорор. Хотугу Америкаттан Азияҕа көтүүгэ саппаас аэродром быһыытынан туттуллар.

Ил-76ТД уонна Boeing 737-800 сөмөлүөттэр көтүүлэрин хааччыйыыга аэродром иһинээҕитин саҥардыы ирдэнэр: көтөр-олорор балаһаны бөҕөргөтүү, «рулежнай дорожкалар» уонна перрон үрүтүн саҥа бүрүөһүнүнэн тэлгэтии. Маны сэргэ көтөр буола сооружениеларын саҥардыахтара.

Салгын тырааныспарын оҥоһуллуохтаах көтөр-олорор балаһатын уһуна — 2500 м.

Сиһилии https://ysia.ru/v-aeroportu-polyarnyj-obnovyat-2-5-km-vzletno-posadochnoj-polosy/

This post was published on 26.02.2021 10:01 10:01