Полиция үлэһитэ-Герой Афанасий Кутанов: Дьону эрэ быыһыыр санаалааҕым

Сунтаардааҕы Ис дьыала отделын суһал дьуһуурунайын көмөлөһөөччүтэ Афанасий Кутанов аатын билигин бүтүн дойду билэр. Кини умайа турар дьиэ иһиттэн үс оҕону быыһаата. СИА кинилиин кэпсэттэ. 


Элбэх кыбартыыралаах мас дьиэ умайан эрэрин туһунан тыллабыр полиция отделыгар түүн ортото киирбитин туһунан Афанасий Кутанов этэр. «Мин уонна Росгвардия сотруднига буолан тута онно барбыппыт. Уот киһи олорбот кыбартыыратыгар турбутун быһаарбыппыт. Онтон уот тарҕаныан сөптөөх аттынааҕы кыбартыыраҕа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорорун өйдүү биэрбитим«, — диир кини.

Кутанов ааны алдьатан иһирдьэ киирэр. Кыбартыыра иһэ бэлиэр толору буруонан туолбут. Олохтоохтор, ол иһигэр 10 саастаах игирэлэр уонна 7 саастаах кинилэр балтылара буруоттан, умайбыт кэҥсик сытыттан тумнастыбыт турукка киирбиттэр. Баһаар буолар кэмигэр кинилэр утуйа сыппыттар.

Полиция сотруднига үс оҕону илиитигэр көтөҕөн ылан, кинилэр төрөппүттэрэ тахсалларыгар көмөлөһөн, барыларын кыбартыыраттан таһаартыыр. Ол кэннэ доҕорун кытта илиилэригэр туох түбэспитинэн уоту умуруорууга ылсаллар. Баһаарынайдар кэлиэхтэригэр диэри уот салгыы барбатыгар миэрэни ылаллар.

«Куттамматаҕым, дьону эрэ быыһыыр санаалааҕым. Үлэҕэ киирэрбэр биэрбит бирисээгэбин куруук өйдүү сылдьабын: бэйэҕин харыстаммакка дьоҥҥо көмөлөс диэни«, — диир хорсун санаалаах полиция үлэһитэ.

Афанасий Кутанов бу эйгэҕэ 14 сыл үлэлиир. Бу кини бастакы хорсун быһыыта буолбатах. Өссө 2010 сыллаахха эмиэ умайа турар дьиэттэн киһини быыһаан, «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

This post was published on 09.06.2017 12:45 12:45