Полицейскай гражданиҥҥа тиийдэҕинэ (тохтоттоҕуна):
Дуоһунаһын, званиетын, араспаанньатын этэр, гражданин модьуйуутунан сулууспатын дастабырыанньатын көрдөрөр, ол кэнниттэн тохтоппут сыалын, биричиинэтин иһитиннэрэр эбээһинэстээх. Полиция үлэһитин дьайыылара чопчу төрүккэ олоҕурбут уонна киһиэхэ өйдөнүмтүө буолуохтаахтар.
Гражданин полицейскайга тиийдэҕинэ:
Полиция үлэһитэ дуоһунаһын, званиетын, араспаанньатын этэр, болҕомтолоохтук истэр, бэйэтин боломуочуйатын иһинэн сөптөөх миэрэ ылар биитэр гражданин көтөхпүт боппуруоһугар ким көмөлөһүөн сөбүн быһааран биэрэр эбээһинэстээх.
Полицейскай ханнык түбэлтэлэргэ гражданин тус докумуонун бэрэбиэркэлиир бырааптааҕый?
- Бу киһи буруйу оҥорууга уорбаланар диэн иһитиннэрии баар буоллаҕына;
- бу киһи ирдэбилгэ сылдьар диэн сабаҕалыырыгар төрүөт баар буоллаҕына;
- бу киһиэхэ административнай дьыаланы тэрийэргэ төрүт баар буоллаҕына;
- федеральнай сокуонунан көрүллүбүт түбэлтэлэргэ кинини тутарга төрүөт баар буоллаҕына.
Патруллуур-постовой сулууспа (ППС) полицейскайдара ураты болҕомтолорун уурар эбээһинэстээхтэр:
- Материальнай сыаннастар хараллан сытар тэрилтэлэрин, бааннар, атыы-эргиэн кииннэрин, ыскылааттар, базалар тастарыттан арахсыбакка, ону-маны чуҥнуур дьону;
- таҥаһа-саба дьыл кэмигэр сөп түбэспэт, кулук-халык, сэрэхэчийэрдик тутта сылдьар, эчэйиилээх, бэрэбээскилээх дьону;
- сквердэргэ, тэлгэһэлэргэ, дьиэлэр подъезтарыгар мустубут дьону (ордук ыччаты);
- бэйдиэ сылдьар, умнаһыттыыр дьону;
- кутталлаах сирдэргэ оонньуу сылдьар оҕолору.
Гражданин пааспарын илдьэ сылдьар эбээһинэстээх дуо?
Ол туһунан ханнык да федеральнай сокуоҥҥа суруллубатах. Онон, “пааспарыҥ суох эбит” диэн эппиэтинэскэ тардыан баҕарар полицейскай ити дьайыыта сокуоннайа суох буолар.
Өскөтүн полицейскай туттаҕына:
- Куоласкын үрдэтимэ, ньиэрбинэйдээмэ, холкутук тутун;
- эйигин туппут уонна дьуһуурунай чааска илдьибит полицейскайдар дастабырыанньаларын дааннайдарын сурунарга кыһалын, муҥ саатар, өйгөр хатыы сатаа;
- эйигин туталларын көрбүт туоһулар дааннайдарын эмиэ булан сурунарга кыһалын;
- туохха илии баттаталларын болҕойон аах;
- боротокуолга туох эмит сыыһа суруллубут буоллаҕына, ону утаран, бэйэҥ буочаргынан эбии суруйан биэр;
- өскөтүн эн буруйа суоххун туоһулуур дакаастабыллар баар буоллахтарына, ону полиция билбэт биитэр болҕойуон баҕарбат буоллаҕына, докумуоҥҥа илии баттыаҥ иннинэ, хадатаайыстыбата суруй (“бу киһини ыҥыран доппуруостуургутугар, маннык докумуону дьыалаҕа сыһыараргытыгар, ол сири (дьиэни) тиийэн көрөргүтүгэр көрдөһөбүн” эҥин диэн).
Суут уурааҕа тахсыар диэри киһини 48 чаастан ордук кэмҥэ тутар көҥүллэммэт.
Тутуллубут киһи бырааптара:
- Тутуллубут кэмиттэн адвокат уонна тылбаасчыт өҥөлөрүнэн туһанар;
- тутуллубутун уонна ханна баарын туһунан чугас дьонугар биитэр аймахтарыгар биитэр үчүгэйдик билэр дьонугар үс чаас иһигэр биирдэ эрийэн биллэрэр;
- эбэтэр тутуллубут киһи көрдөһүүтүнэн, полиция үлэһитэ эрийиэн сөп.
Полицейскай гражданин быраабын кэстэҕинэ, ханна үҥсүөххэ сөбүй?
РФ ИДьМ-тын СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Бэйэҕэ куттал суох буолуутун суһал-ирдиир чааһыгар (ОРЧ ОСБ) – 89244871618 (суукканы супту үлэлиир) биитэр прокуратураҕа.
Этэҥҥэ сылдьыҥ!
This post was published on 02.02.2016 09:39 09:39