Хаҥалас улууһун Покровскайыгар күһүн Нерюнгритааҕы медицинскэй колледж «Лечебное дело» отделениета арыллыаҕа, суруйар ulus.media.
Дьаһалы көҕүлээччинэн медколледж дириэктэрэ Ирина Адамова буолар. Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев уонна баһылыгы социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Елизавета Мартынова этиини өйөөтүлэр.
«Биһиги улууспут сэлиэнньэлэригэр фельдшердар тиийбэттэр. Отделение арыллыыта ити кыһалҕаны быһаарыаҕа. Ол эбэтэр биһиги исписэлиистэри бэйэбит наадыйыыбытынан бэлэмниэхпит. Отделениены арыйыы бэрт кылгас кэмҥэ быһаарылынна, улууспут салалтатын көмөтүнэн», — диэтэ кылаабынай быраас Нюргун Степанов.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 40 сайабылыанньа киирдэ, тыа оскуолаларыттан. Үөрэтии 3 сыл уонна 10 ый барар, стипендия көрүллэр, манна эбии улуустааҕы киин балыыһаттан эмиэ төлөбүр бэриллэр.
This post was published on 14.06.2022 12:01 12:01