Покровскайга хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Покровскайга 46 кыбартыыралаах олорор дьиэ «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан үлэҕэ киирдэ. Хаһаайыттарга күлүүстэрин кулун тутар 12 күнүгэр туттардылар.

Саҥа биэс этээстээх дьиэни бырааттыы Ксенофонтовтар уулуссаларыгар тутан киллэрдилэр. Уопсай иэнэ – 3,5 тыһ кв. м тахса. 46 кыбартыыралаах: 13 биирдии хостоох, 15 иккилии хостоох, 17 үстүү хостоох уонна биир түөрт хостоох.

Сиһилии: https://ysia.ru/v-pokrovske-vveli-mnogokvartirnyj-dom-po-programme-pereseleniya/

This post was published on 13.03.2024 15:04 15:04