Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ Байанай ыйыгар аналлаах эрдэҕэс саастаах оҕолорго сайдамы киллэрэр туом оҥордулар.
Хаҥаластааҕы “Арчы дьиэтин” үлэһиттэрэ үгэс быһыытынан оскуола оҕолоругар анаан сайдамы киллэрэр туому ыыттылар. Бу күн Покровкай куорат 1-кы нүөмэрдээх 6 а кылааһын үөрэнээччилэрэ 13 оҕо кытынна. Оҕолорго “Арчы дьиэтин” хаһаайката үс кут өйдөбүлүн сырдатта, 12 саастаах оҕолор улаатар кэмнэригэр хайдах сөпкө дьаһанан сылдьыахтаахтарын, ханнык аһы аһыахтаахтарын сүбэлээтэ, Иэйэхсит айыыттан күүс ылар туому толордо, кэс тылы этэн оҕолор өйдөрүн-санааларын бөҕөргөттө.
Оҕолорго алгыс тыллаах аккырыыкка түҥэттилэр, сылаас алаадьынан күндүлээтилэр, төрөппүттэригэр анаан харчыны тардар туос харчы түҥэттилэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Ааптар: Лидия Харитонова, Хаҥалас улууһа
This post was published on 14.11.2019 10:16 10:16