Тыа хаһаайыстыбатын институтун сүөһү сиир эбии аһын уонна сир-мас отонун чинчийиини ыытар лабораторията Покровскай куоракка учаастактаах. Манна Зульфия Филиппова салайааччылаах биригээдэ үлэлиир.
Лаборатория Покровскайдааҕы учаастагар 2 гектар сирдээх. Манна подсолнечник, кукуруза, суданскай от, просо, амарант, эбиэс, горох, Вика яровая олордоллор. Ууларын Бэлэнтэй күөлтэн куттараллар.
— «30 а» учаастакка биир сыллаах култуураны олордобут. Үүнээйи Саха сирин усулуобуйатыгар тулуктаһыытын, хаачыстыбатын, састаабын уларыйыытын, айылҕа көстүүлэригэр дьайыылары үөрэтэбит. Биһиэхэ тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара практикаларын ааһаллар.
Научнай уопут оҥорор буолан, кыра-кыра сиргэ үс түһүмэҕинэн олордобут. Ол эбэтэр бэс ыйын 1, 15, 30 күннэригэр хас да варианынан төхтөрүйэн ыһабыт. Биир вариант ыһыллар иэнэ 4х7 кв.м буолар.
Хомуур атырдьах ыйыгар ыытыллар. Сиилэстииргэ анаан хаһаайыстыбалар дуогабардаһан ылаллар, — диэн кэпсээтэ Зульфия Филиппова.
This post was published on 30.06.2022 12:01 12:01